🔹Матвей Васильевич олунньу 11 күнүгэр 1941 сыллаахха Баатара нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
Кини олоҕун төрөөбүт дойдутун сайдыытыгар, бар дьонугар анаабыта.
Матвей Васильевич араас эппиэттээх үлэлэргэ бэйэтин сатабылын, дьону түмэр дьоҕурун толору көрдөрбүтэ. Кини ханна да үлэлээтэр, үлэ-хамнас тупсуутугар, дьон олоҕун уйгута үрдүүрүгэр ис сүрэҕиттэн кыһаллара.
🔹Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ, ыччаты иитиигэ Матвей Васильевич улахан болҕомтотун уурара. Кини үөрэттэрбит оҕолоро бүгүн дойду араас муннугар ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
🔹Матвей Васильевич төрөөбүт улууһугар бүттүүнүгэр үтүө аата, оҥорбут үтүөтэ умнуллубат, олорбут олоҕо биһиэхэ барыбытыгар, аныгы кэм ыччат дьонугар, кэлэр көлүөнэҕэ куруук холобур буолуоҕа.
📲@dmitriytikhon0v
📲https://max.ru/id1415008873_gos2