New We are sorting MAX channels into categories and territories. Read the news
#муҥхасобото — video, channel “ЧУРАПЧА Live” ▶ video

#муҥхасобото


#сынньалаҥҥа

😁👍 "Былыр оҕонньордоох эмээхсин бааллара үһү. Оҕонньор тууһут идэлээҕэ.
Биир киэһэ оҕонньор, туутун кэрийэн баран, балай эрэ элбэх балыгы аҕалбыт. Эмээхсин оҕонньор бултаан аҕалбыт булдун булкуйа олордоҕуна, биир мааны ыалдьыт көтөн түспүт. Бэрт ыраахтан иһэр киһи эбит. Балайда өр кэпсэппэхтээн баран, оҕонньор эмээхсинигэр билэр киһи курдук эппит: “Мундууруйа солууруйа буһаарыйа, собооруйа хоспооруйа кистээрийэ”.
Ону ыалдьыт бастаан өйдөөбөтөх, ол икки ардыгар оҕонньор кэпсээнинэн аралдьытан кээспит.
Эмээхсин соботун талан хоспоххо таһаарбыт, мундутун буһарбыт. Мунду эрэ буспутун көрөн, ыалдьыт баарыыҥҥы кистэлэҥ кэпсэтии хоһоонун сэрэйбит. Ол сэрэйэн, кэлэйэн, аһаабакка барбыт. Оҕонньордоох эмээхсин мундуларын, соболорун бэйэлэрэ мээтиргэтэн кээспиттэр.
Онтон ыла оҕонньор бултуур булда төннүбүт, кэччэгэй быһыыларыттан олохторо кэхтибит үһү",
- диэн кэпсии-кэпсии Миитэрэй Кырбаһаакын киэһээҥҥи күөһүн буһарар😁✊

@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй
@ulusmedia
Views: 97
Open in MAX Report an inaccuracy

Report an inaccuracy

Describe what needs fixing. If you have a source, add a link.

You are leaving datool.ru

The link leads to an external website. datool.ru is not responsible for its content — check the address before entering passwords or payment details.

Redirecting in 10 s

Go