Уот куйаас аргыстаах, Аан Алахчын айыыһыттаах от ыйа үүннэ
🍃Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ улуустар, куораттааҕы уокуруктар дьаһалталарыгар тириэрдибит былаанынан 2026 сыл сайыныгар 423,7 тыһ. туонна от (ааспыт сыллааҕы былаан 98 бырыһыаныгар тэҥ) кэбиһиллиэхтээх, 29,9 тыһ. туонна сиилэс (24 бырыһыанынан элбэх) угуллуохтаах, 14,75 тыһ. туонна сенаж (10 бырыһыанынан элбэх) сууланыахтаах.
📊Окко былаан кыччаабыта, сүрүннээн, ынах сүөһү ахсаана аҕыйыырын, оттон сиилэһи-сенаһы элбэтии хаһаайыстыбалар үп-харчы тэбэн биэрэр үүт ыамын үрдэтэргэ суоттаналларын кытта ситимнээхтэр.
Сиһилии ⬅
@ulusmedia