«Эбээ остуоруйата» күрэс олус сэргэхтик ааста

«Эбээ остуоруйата» күрэс олус сэргэхтик ааста

Олоҥхо күнүн көрсө, сэтинньи 25 күнүгэр, В. Г.Короленко аатынан Амма 1№ орто оскуолатыгар, дьиэ кэргэнинэн остуоруйаны толорууга улуустааҕы «Эбээ остуоруйата» күрэс ыытылынна. Бу бырайыагы быйыл 3 төгүлүн алын сүҺүөх кылаас учууталларын холбоһуга (салайааччы Дьяконова В.Н) үрдүк таһымнаахтык тэрийдэ.
Барыта 15 дьоллоох сиэн тапталлаах эбэлэрин кытары остуоруйа алыптаах эйгэтин сэгэтэн, уус- уран тыл умсулҕаныгар умсан, илин-кэлин түһүстүлэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ, бырайыак ааптара, СӨ үтүөлээх учуутала, РФ үөрэҕириитинин туйгуна Александра Ивановна Артемьева уонна кини салайар «Күөгэйээнэ» ансаамбыл кыттыылаахтара, оскуола бибилэтиэкэрэ Гаврильева Оксана Семеновна, Прибылых Оксана Петровна үлэлээтилэр.

Түмүккэ 1- 4 кылаастар икки ардыларыгар " Кылаан чыпчаал" аатын Амма 1№ орто оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээччитэ Харитонов Алеша эбэтинээн Харитонова Марфа Алексеевналыын ыллылар.

1- 2 кылаастарга:
1миэстэ-Илларионова Мия ( Амма 1№ оскуолата) эбэтэ Анна Николаевна Данилова;
2 миэстэ- Ларионов Герман ( Эмис орто оскуолата) эбэтэ Елена Ивановна;
3миэстэ- Стручкова Алиса ( Сулҕаччы орто оскуолата) эбэтэ Раиса Иосифовна
3- 4 кылаастарга:
1 миэстэ- Никифоров Данил ( Болугур орто оскуолата) эбэтэ Анна Гаврильевна
2 миэстэ- Алексеева Күннэй ( Сатаҕай орто оскуолата) эбэтэ Октябрина Вадимовна
3 миэстэ - Христофоров Гена( Сулҕаччы орто оскуолата) эбэтэ Сардаана Петровна .
Бары кыттыбыттар анал аакка тиксэн, сэмэй бэлэхтэри тутан, дьүүллүүр сүбэттэн алгыс маанытын ылан үөрэн-көтөн тарҕастылар. Кырачаан кыттааччыларбыт өбүгэбит үгэһин, тылбыт сүмэтин иҥэринэн, салгыы сайдан, тупсан иһиэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Просмотры: 140
Открыть в MAX Сообщить о неточности
Доступно по подписке

Репосты публикации

Публикация канала

Сообщить о неточности

Опишите, что нужно исправить. Если есть источник, добавьте ссылку.

Вы покидаете datool.ru

Ссылка ведёт на внешний сайт. datool.ru не отвечает за его содержимое — проверьте адрес, прежде чем вводить пароли или платёжные данные.

Переход через 10 с

Перейти