Күндү Чурапчы улууһун күн күбэй ийэлэрин хас биирдиибит сүрэҕин таарыйар, амарахтан амарах уонна истиҥ бырааһынньыгынан - Россияҕа Ийэлэр күннэринэн ис сүрэхпиттэн истиҥник эҕэрдэлиибин!
Оҕону улаатыннарыы уонна иитэн-такайан таһаарыы – бэйэни бүүс-бүтүннүү аныыр, сыраны биэрэр сүҥкэн үлэ. Биһиги Чурапчыбыт улууһугар элбэх оҕолоох ыаллар сыллата эбиллэн иһиилэрэ үөрдэр. Бу кинилэр оҕолорун атахха туруорарга, инникигэ эрэллээхтэрин кэрэһилиир. Бу күн биһиги бары ийэлэргэ, дьахталларга, эбэлэргэ, оҕо күүтэр эдэркээн ийэлэргэ махтал уонна билинии истиҥтэн истиҥ тылларын аныыбыт. Тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору иитэр Күн Айыы санаалаах ийэлэргэ махтал ураты сылаас тылларын этэбит.
Иэйиэхсит тэҥэ ийэлэрбитигэр дьолу, байылыат олоҕу, чэгиэн, чэбдик доруобуйаны, сырдык, ыраас санааҕыт күүһүнэн тулаҕытыгар ил-эйэ тосхойдун, дьоллоох оҕо саас, иллээх дьиэ кэргэн чэчирии, барҕара турдун диэн баҕа санаабын тиэрдэбин!
Просмотры: 16