#күндьыл



🌖✨☁️❄️🌬💨 Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, Чурапчы улууһугар сарсыарда 6 чааска -34С, салгын баттааһына 732мм, соҕуруулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 1 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах. Кыралаан хаардыа, күнүһүн -28-33 онтон түүнүн -37-42С кыраадыс тымныйыа.

🎄 Сыл бүтүө 35 күн баар;

🌎 Бүгүн - Информация аан дойдутааҕы күнэ;

☀️ Бүгүн Саха сиригэр Ил Дархан истипиэндьийэтин бастыҥ олоҥхоһуттарга, оһуохайдьыттарга, тимир уустарыгар уонна норуот маастардарыгар туттарыы күнэ;

📯📜 Бу күн, 1394 сыллаахха Сеул - Кэриэйэ киин куората буолбут;

🇲🇳 Бу күн, 1924 сыллаахха Монголия Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммит - аан дойдуга иккис социалистыы судаарыстыба;

🛰 Бу күн, 1965 сыллаахха Франция бастакы "Asterix" спутнигын куйаарга көтүппүт;

📑 Бу күн, 1991 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун I сийиэһэ буолбут;

📌 Бу күн, 1992 сыллаахха Арассыыйаҕа хостонор алмааһы кыраныысса таһыгар "Арассыыйа-Саха алмаастара" эрэ атыылыахтаахтарын туһунан ыйаах тахсыбыт;

⚔ Бу күн, 1994 сыллаахха Чэчиэн оппозициятын этэрээттэрэ Грознайы ыла сатаабыттара табыллыбатах;

📄 Бу күн, 2008 сыллаахха Ил Түмэн уурааҕынан Эдьигээн улууһа "эбэҥки национальнай улууһа" диэн статустаммыт;

🎂 Бу күн, Швейцария тыл үөрэхтээҕэ Фердинанд же Соссюр, Саха сиригэр төрөөбүт нуучча аҕабыыта Григорий Попов, прозаик, очеркист Герасим Бястинов-Бэс Дьарааһын, Социалистыы Үлэ Дьоруойа Матвей Спиридонов, Мындаҕаайыттан биллэр механизатор, улуус дьокутаата, "Сайдыы" б/х баһылыга Данил Павлов күн сирин көрбүттэр.

@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй
@ulusmedia
Просмотры: 57
Открыть в MAX Сообщить о неточности

Репосты публикации

Публикация канала

Сообщить о неточности

Опишите, что нужно исправить. Если есть источник, добавьте ссылку.

Вы покидаете datool.ru

Ссылка ведёт на внешний сайт. datool.ru не отвечает за его содержимое — проверьте адрес, прежде чем вводить пароли или платёжные данные.

Переход через 10 с

Перейти