Репост из «НВК «Саха»»

Ростов уобалаһыгар Саха сирин буойуттарын кэриэһигэр мэҥэ бэлиэни «Өйдөбүнньүк бастионнара» бырайыак чэрчитинэн арыйдылар



Ростов уобалаһыгар Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр регион сиригэр-уотугар кыргыспыт Саха сирин буойуттарын кэриэһигэр мэҥэ бэлиэни үөрүүлээхтик арыйдылар. Тэрээһин Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээбит регионнар икки ардыларынааҕы «Өйдөбүнньүк бастионнара» устуоруйа-патриотическай бырайыак чэрчитинэн ыытылынна.

«Өйдөбүнньүк бастионнара» бырайыак Саха сирин буойуттара кыттыылаах Аҕа дойду Улуу сэриитин кыргыһыылара буолбут сирдэригэр мэҥэ тутуулары оҥорууга туһуланар.

«Бу мэҥэ бэлиэни анал байыаннай дьайыы балаһатын аттыгар арыйыы бүгүҥҥү күҥҥэ ордук суолталаах. Манна фроҥҥа көмөлөһөллөр, госпиталларга бааһырбыт байыастары, ол иһигэр биһиги биир дойдулаахтарбытын, быыһыыллар. Уобалас олохтоохторун кытта биһиги Аҕа дойду Улуу сэриитин буойуттарын өйдөбүнньүгүн харыстыыбыт уонна бүгүн Ийэ дойдуну көмүскээччилэргэ көмөлөһөбүт. Сырдык тыыннара быстыбыттары өйдүү-саныы сылдьыы, бүгүн инники кирбиигэ сылдьар дьону өйөөһүн, бааһырбыттары уонна байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин көрүү-истии — биһиги уопсай эппиэтинэспит. Кыайыы биһиэнэ буолуоҕа!» — диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

Хаартыска: sakha.gov.ru
Просмотры: 208
Открыть в MAX Сообщить о неточности

Репосты публикации

Публикация канала

Сообщить о неточности

Опишите, что нужно исправить. Если есть источник, добавьте ссылку.

Вы покидаете datool.ru

Ссылка ведёт на внешний сайт. datool.ru не отвечает за его содержимое — проверьте адрес, прежде чем вводить пароли или платёжные данные.

Переход через 10 с

Перейти