#күндьыл



🌔☁️❄️☃️🌬💨 Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Чурапчы улууһугар, сарсыарда 6 чааска -27С, салгын баттааһына 732мм, илинтэн сөкүүндэҕэ 2 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах. Кыралаан хаардыа, күнүһүн -27-32С онтон түүнүн -30-35С кыраадыс буолуоҕа.

☀️ Бүгүн Саха сиригэр - Олоҥхо күнэ;

🌍 Бүгүн - Дьахтары аһаҕастааһыны суох гыныы аан дойдутааҕы күнэ;

🇷🇺 Бүгүн Дойдуга - Хирург күнэ;

🧨 Бу күн, 1867 сыллаахха Альфред Нобель динэмиити патеннаабыт;

📝 Бу күн, 1906 сыллаахха Саха уокуругар 269 тыһыынча киһи олороро биллибит;

📌 Бу күн, 1936 сыллаахха Саха АССР саҥа Төрүт сокуонун барыла Сойуус былааһыгар бигэргэтиигэ киирбит;

📑 Бу күн, 1965 сыллаахха ССРС Минцветметын 32 нүөмэрдээх бирикээһинэн "Якутзолото" производственнай холбоһук тэриллибит;

🖋 Бу күн, 1992 сыллаахха Судаарыстыба баайын-дуолун Арассыыйа Бэдэрээссийэтин уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин икки ардыларыгар чопчулааһын туһунан Арассыыйа бэрэсидьиэнин уонна СӨ бырабыыталыстыбатын икки ардыларыгар сөбүлэһии түһэрсиллибит;

👊💥 Бу күн, 2004 сыллаахха панкратион Аан дойдутааҕы Бэдэрээссийэтин ыҥырыытынан Сидней куоракка буолбут чөмпүйэнээккэ Саха Өрөспүүбүлүкэтэ туспа хамаанданан кыттыбыт;

🙌 Бу күн, 2021 сыллаахха Дьокуускайга Стадухин аатынан уулуссаҕа Эмньик оҕолоох ийэҕэ аналлаах мэҥэ тааһы туруорбуттар;

🎂 Бу күн, уһулуччулаах драматург, прозаик Лопе де Вега, саха суруйааччыта Тимофей Сметанин, киинэ артыыһа Нонна Мордюкова, биллэр бэлиитик Владимир Яковлев күн сирин көрбүттэр.

@sanaoloh
#СэмэнЖендринскэй
@ulusmedia
Просмотры: 193
Открыть в MAX Сообщить о неточности

Репосты публикации

Публикация канала

Сообщить о неточности

Опишите, что нужно исправить. Если есть источник, добавьте ссылку.

Вы покидаете datool.ru

Ссылка ведёт на внешний сайт. datool.ru не отвечает за его содержимое — проверьте адрес, прежде чем вводить пароли или платёжные данные.

Переход через 10 с

Перейти