#бэлиэкүн
🚜🛠 Бу күн, 1913 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгэр бастакы комбайны, локомотивы, электрическэй мотуордаах миэлиҥсэни үлэлэппит туруу үлэһит, бастакы моторист, электрик уонна рационализатор Степан Никифорович Стручков күн сирин көрбүтэ.
Кэргэнэ Татьяна Алексеевна Лыткина Чурапчы оройуонун Чаачыгыйыттан төрүттээҕэ. Айылҕаттан айдарыылаах мындыр киһи айбыт "көтөҕөр кыраанын" үгүс киһи туһаммыта. Сэрииттэн төннөн кэлбит уолаттары тыраахтар уонна комбайн ыытарга үөрэппитэ. Бастакы комбайны үлэлэппитэ, Давид Борисовтыын локомотив таҥаннар 1957 сыллаахха Дьабыылга аан маҥнай уоту биэрбиттэрэ. 60-с сылларга тэлэбиисэр маастарынан эмиэ кини буолбута. Степан Никифорович кэлин кадровай булчутунан сылдьыбыта. Стручковтар 5 оҕолонон, элбэх сиэннэнэн утумнара салҕанар.
✍ Сэмэн Жендринскэй
@sanaoloh
@ulusmedia