▶ видео
Бэнидиэнньиккэ дьон бары сололоро суох буолан, ханна да барбаппын-кэлбэппин, дьиэбэр сынньанабын. 😄
Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, Майаҕа Муусука оскуолатыгар Антон Гаврильевичка флейта куруһуогар сылдьыбытым.
Активист буоламмын, эбиэт кэннэ бириэмэм суох буолан, сарсыарда уруок иннинэ 8 чаастан үөрэнэрим. Антон Гаврильевич үлэтин чааһын аахсыбакка, эрдэ кэлэн дьарыктыыра. 😄👍🏻
Билигин дьиэбэр кыралаан бэйэм дьоммор диэн боростуойдук тыаһатабын. 🪈