Репост из «НВК «Саха»»

«Бриллианты Якутии» аан дойдутааҕы муус уонна хаар скульптураларын… — видео, канал «ЧУРАПЧА Live» ▶ видео

🧊🌐«Бриллианты Якутии» аан дойдутааҕы муус уонна хаар скульптураларын куонкуруһун блицтурнира саҕаланна



❄️Дьокуускайга Орджоникидзе болуоссатыгар бүгүн «Кыым Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн «Бриллианты Якутии» норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус муус скульптураларыгар блицтурнирга старт бэрилиннэ.

❄️Бастыҥ маастардар ааттарын иһин Россия араас регионнарыттан, Индияттан, Кытайтан, Монголияттан уонна Беларусьтан, ону тэҥэ Саха сириттэн 20-тэн тахса хамаанда күрэхтэһэр.

❄️Тэрээһин үөрүүлээх арыллыытыгар кыттааччылары уонна ыалдьыттары куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Андрей Лебедев уонна «Северное сияние» муус пааркатын директора, Саха өрөспүүбүлүкэтин муус маастардарын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Алексей Демьянов эҕэрдэлээтилэр.

Андрей Лебедев маастардар айбыт үлэлэрэ Дьокуускайы киэргэтиэхтэрэ уонна олохтоохторго дьиҥнээх ускуустуба айымньыларын көрөн сөҕөр кыаҕы бэлэхтиэхтэрэ диэн бэлиэтээтэ.

Кини этэринэн, скульптураларга Саха норуотун материальнайа суох нэһилиэстибэтэ көстүөҕэ, оттон фигуралар бэйэлэрэ куорат эйгэтин тилиннэрэргэ, киэргэтэргэ уонна бырааһынньыктааҕы санааны толорорго көмөлөһүөхтэрэ.

«Олус намыһах температураҕа скульптуралары оҥоруу уус-уран талааны, маастарыстыбаны эрэ буолбакка, тулуурдаах, тулуурдаах, күүстээх майгылаах буолууну эрэйэр. Эһиги, муус худуоһунньуктара, куорат олохтоохторугар бырааһынньык, аптаах чааһын бэлэхтиигит»,

— диэтэ Андрей Лебедев. Кини куонкурус ыытылларын өйөөбүт спонсордарга махталын биллэрдэ.

❄️Быйыл блицтурнир тиэмэтэ Дьокуускай төрүттэммитэ 395 сылыгар ананар. Маастардар муустан фигуралары икки күн, сэтинньи 22-23 күннэригэр оҥоруохтара.💠

Видео: Киин куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата
Просмотры: 273
Открыть в MAX Сообщить о неточности

Репосты публикации

Публикация канала

Сообщить о неточности

Опишите, что нужно исправить. Если есть источник, добавьте ссылку.

Вы покидаете datool.ru

Ссылка ведёт на внешний сайт. datool.ru не отвечает за его содержимое — проверьте адрес, прежде чем вводить пароли или платёжные данные.

Переход через 10 с

Перейти