Сылаас сүүрээни сүрэххэ,
Эрчим күүрээни сүһүөххэ,
Эбэргэ дылы мэлдьитин,
Комсомол, эдэри санатан.
Хаһан эрэ биһи эдэркээн,
Уолаттар, кыргыттар этибит!
Угуйар, ыҥырар сулустаах
Комсомол ыччаттар дэнэрбит.
Үлэҕэ,үөрэххэ дьулуһан,
Өрүүтүн инники буоларбыт.
Мэлдьитин кэрэҕэ эрэнэн,
Олоҕу ырыалаах тутарбыт.
Саҥаны, сырдыгы тутарга,
Комсомол инники турара.
Хайа да моһолу туоруурга,
Комсомол барытын кыайара.
Комсомол сулуһун анньынан,
Ыччат биир сомоҕо буолара.
Ыарахан кэмҥэ ким да буоллун,
Эрчимнээх илиитин уунара.
Махтана, киэн тутта ахтабыт
Кыайыыга, үрдүккэ угуйбут,
Куруутун инники сирдээбит,
Суолдьут сулуспут, Комсомол!
Таптал🌳Чагда
Просмотры: 77